Погода

0..-2°C

Ясно, без осадков

Ветер: зап 1 - 3 м/с

Давление: 746 мм рт.ст.

Курсы валют ЦБ РФ

USD: 56,2463
EUR: 63,3221

Отправка SMS

kyym.sakha.ru

Сааскы халаан уута чугаһыыр

Бу кэнники сылларга халаан уута нэһилиэнньэ олоҕор улахан ороскуоту, алдьатыыны аҕалар буолла. Мин саныахпар, харыы тахсарыгар киһи бэйэтэ харчы төлөөн, үлэ бөҕөтүн ыытан көмөлөһөр. Ол курдук, саас аайы муус эрбээһинэ, хараардыыта диэн ааттаан үлэ бөҕө ыытыллар. Аны туран, бу үлэни кинилэр ханнык билим төрүөтүгэр олоҕуран оҥороллоро эмиэ биллибэт. Ол туһунан ханна да этиллибэт. Кыһытыан иһин, ити үлэлэр ыытыллыбыт сирдэригэр саамай улахан харыы, алдьархай тахсар. Онтон туох да түмүк оҥоһуллубат.

Бачча тухары Өлүөнэ эбэ хотуммут бэйэтин мууһун ким да көмөтө суох сүгэн, Хотугу Муустаах Байҕалга ыытан кэлбитэ. Бу сүүһүнэн сыллар тухары оччо-бачча халыҥ хаардаах да, хаара да суох, чараас да, халыҥ да муустаах, итии-тымныы дьыллар буолан аастахтара. Өрүс кытылыгар дьон син олорон кэлбиттэрэ. Холобур, Хаҥалас улууһун кырдьаҕас олохтоохторо былырыыҥҥы курдук сааскы уу урут хаһан да ылбатах сирдэрин ылбытын букатын өйдөөбөттөр эбит.

Өрүс, күөл мууһа хайдах көтөҕүллэрий? Бастаан хаар ууллан муус үрдүнэн халыйар. Ону «сиҥэ уута киирбит» дииллэрэ. Онтон кыра үрэхтэр уулара киирэн, мууһу тэһэ түһэн, били халыйа сыппыт хаар уута муус аныгар барар. Ону «күөх хобур буолбут» диэн ааттыыллара. Уу муус үрдүгэр хаалбат, барыта аллара барар. Өрүс икки кытылынан сайа охсон сүүрүктэнэр, ырбыылыыр. Үөһэттэн уу киириитэ элбээн, икки кытылыттан хам тоҥо сытар мууһу өрө сүгэн таһааран, өрүс эстэн, кэбирээн сытар муус онон-манан хайыта ыстанар, бэйэ бэйэтигэр өрө сүгүллэн тахса-тахса тыаһаан-ууһаан аа-дьуо аллара диэки устубутунан барар. Көмүөл мууһа бардаҕа ол.

Оттон биһиэхэ били эрдэттэн эрбээн бэлэмнээбит, хараардан чарааһаппыт муустара уу сөптөөхтүк кэлэ илигинэ эрдэ тостон-ойдон тахсан кыра ууга айаннаан барар. Ол баран хамнаабакка, хоҥнубакка сытар мууһу сороҕо үрдүнэн, сороҕо аннынан баран туох да айылаах хоппот буомун, мэһэйин үөскэтэр. Үөһэттэн эстэн кэлэн испит муус онно иҥнэ-иҥнэ дьапталҕаланан дьэ алдьархайдаах харыылар тахсаллар. Хаайтарбыт уу ханна барыай, «хаҥаластаатаҕа» ол дии.

Мин саныахпар, өрүһү бэйэтин тыытар адьас табыллыбат. Өскөтүн ити харчыны батара сатаан ылыллар дьаһал эбит буоллаҕына, биэрэги бөҕөргөтөр, мыраан үрдүгэр сүөһүнү-сылгыны күрэтэр, күрүөнү-хаһааны оҥорор үлэни ыытыахха.

Өрүс эстэригэр, уу ылыан сөптөөх нэһилиэнньэлээх пууннара эрдэттэн дьаһанан, сүөһүнү-аһы уу ылбат сиригэр күрэтэн бэлэм олоруохтарын наада. «Урут уу ылбат этэ, быйыл да ылбат ини» диэн эрэнэн олорон биэрии ыар содулун былырыын көрдүбүт. Уу тэлгэһэҕэ киирбитин кэннэ сүүрэкэлээбитэ буолан дуоннааҕы өрүһүйбэккин.

Мир Егоров,

Дьокуускай.

kyym.sakha.ru
24.03.2011 16:18 | оригинал статьи | просмотров: 17165

Комментарии


  • 10.160.44.15226.03.11 17:29 Автор: Бывалый

    Саамай сопко суруйбуккун, быйыл да эрбээтэхтэринэ нимиччи бараллар эбисээт. Но дьон билигин ууга барары кэтэсэр буолбут, уже уорэммит харчы ыларга. Уу ылбатагына угустэр хомойоллор.

 ↑ наверх
31.03.11
Гражданнар былаас органнарыгар туһаайан этиилэрин көрүү бэрээдэгэр уларытыылар киириэхтэрэ
31.03.11
Балыксыттарга субсидия көрүллэр
31.03.11
Кытай тыйыс бириигэбэрэ 1
30.03.11
Эфиргэ Галина Данчикова
30.03.11
Муома улууһа «национальнай эбээн оройуона» статустаныан сөп
30.03.11
Чунуобунньук уонна тыа киһитэ: уопсай тыл хаһан көстүөй? 1
30.03.11
«Хаар айан-2011» күрэх кыайыылаахтара
29.03.11
Мииринэйгэ аҕалар күрэхтэһэллэр
29.03.11
Массыанньыктар утуйбаттар…
29.03.11
Чурапчыга саҥа стадион тутуллар
29.03.11
Өтөрүнэн буолбатах сылаас күн буолан ааспыт
28.03.11
Үрдүк таһымҥа тахсан иһиэхпит
28.03.11
Психологтар семинардара буолар
25.03.11
Сөмөлүөт Ижматтан көттө
25.03.11
Брейн-рингэ кыайыылаахтарыгар -- суотабай төлөппүөн
25.03.11
Дьокуускайга Байанай күннэрэ
25.03.11
Саамай элбэх сүөһүну уус алданнар эспиттэр… 3
» 24.03.11
Сааскы халаан уута чугаһыыр 1
24.03.11
Киин куорат суолун өрөмүөнүгэр үтүмэн үп көрүллүбүт
24.03.11
Дьон 1-2 хостоох квартираны ордорор эбит
24.03.11
Дьокуускай куорат уонна Горнай улууһа Сөбүлэһии түһэристилэр
23.03.11
Хомуспутун – Аан дойгуга дорҕоонноохтук, киэн тутта, дьоһуннаахтык 2
23.03.11
Наадалаах боппуруостар – туһалаах эппиэттэр
23.03.11
ХИФУ аһаҕас аан күннэрин ыытар
23.03.11
Бу өрөбүлгэ бириэмэбит уларыйар
22.03.11
Халаан уутугар бэлэмнэнии үлэ барар
22.03.11
Килиэп сыаната үрдүүр 7
22.03.11
Олох-дьаһах өҥөтүгэр үлэ миэстэтэ!
22.03.11
Психологтар семинардара
21.03.11
"Сахазернопродукт" — бастакы хараҥаччы
21.03.11
Иэстээх дьону дьиэлэриттэн таһаараллар 6
21.03.11
Дьокуускайга Горнай улууһун күннэрэ 1
21.03.11
Хомус туһунан саҥалыы, атыннык
18.03.11
Сүүйсүүлээх оонньуулары тэрийии иһин алта сыл хаайыы 1
18.03.11
Күндээдэ үлэһиттэригэр хамнастарын төлөөбөтөхтөр
18.03.11
Радиация Саха сиригэр кэлиэн сөп дуо? 9
18.03.11
Гааһы холботууга биир кэмнээх көмө
17.03.11
Эдэр ыччакка аналлаах үлэ дьаарбаҥката ыытыллар 1
17.03.11
Дьокуускайга Өймөкөөн улууһун күннэрэ
17.03.11
Оҕо доруобуйата тупсарын туhугар 1
Яндекс.Метрика