Погода

..°C

Ветер: - м/с

Давление: 0 мм рт.ст.

Курсы валют ЦБ РФ

USD: 56,2463
EUR: 63,3221

Отправка SMS

kyym.sakha.ru

«Хатан» сурунаал Ньурбаҕа ыалдьыттаата

Кулун тутар 20-22 кк. “Хатан” сурунаал Ньурба улууһугар ыалдьыттаата. Бу сырыы мээнэҕэ тэриллибэтэҕэ. Сүрүн соруга – оскуолаҕа оҕолор айан, суруйан таһаарар хаһыаттарын, сурунаалларын күрэһин тэрийии уонна маастар-кылаас ыытыы.

Ньурбаҕа үгүс оскуолаҕа хаһыат таһаараллар эбит. Сөхпүтүм диэн, оҕолор барытын сатыыллар – матырыйаал хомуйаллар, суруйаллар, көмпүүтэргэ аналлаах бырагыраамаҕа киллэрэн, таҥан хаһыат таһаараллар. Онтуларын оскуолаларыгар элбэтэн тарҕаталлар, атыылыыллар. Үс күннээх үлэ түмүгүнэн «School format» диэн 2 №-дээх оскуола хаһыата кыайан таҕыста уонна «Хатан» сурунаал сыл иккис аҥаарыгар сурутуунан наҕараадаланна. «Ситим» диэн Антоновка оскуолатын хаһыата «Бастыҥ бэчээтинэй таһаарыы» диэн ааты ылан «Ньурба» хаһыаттан анал бириис тутта.

Оттон атын хаһыат үлэһиттэрэ санааларын түһэрбэттэр, тоҕо диэтэххэ, оҕолор сыыйа-баайа ыстатыйаларын «Хатан» сурунаалга, «Кыым» хаһыакка бэчээттэтэр кыахтаннылар.

Ньурбаҕа суруйар баҕалаах, суруналыыс буолар санаалаах элбэх эбит. Маастар-кылааска отучча үөрэнээччи, учуутал сылдьыбытыгар эбии телестудия маастар кылаастарыгар икки бүк элбэх оҕо дьарыктанна. Дьарыгы «Саха» НКИК режиссера Сардаана Протодьяконова уонна Хампаанньа Ньурбатааҕы филиалын баай уопуттаах үлэһиттэрэ (сал. Т.Н. Молукова) ыыттылар. Кыттыбыт телестудиялар эмиэ араас бирииһи туттулар.

Тэрээһин бэркэ ааста. Улуус оҕолоро элбэҕи билэн-көрөн, аны сайын буолуохтаах Ыччат ыһыаҕын, «Кыым» хаһыат эдэр нэһилиэктэргэ анаан ыытар илиинэн от охсорго күүлэйи сырдатарга бэлэмнээх буоллулар. Биллэн турар, бэрт сыралаах үлэ кэтэһэр. Биир сүрүн сэрэтии быһыытынан эттэххэ, оҕолор хаһыаттара, сүнньүнэн, сахалыы тахсара буоллар. Ньурба улууһун хайдах да киһи тыла тахсан “нууччалар олорор улуустара” диэбэккин. Төһө да «Огни Нюрбы» диэн нууччалыы ааттаах хаһыат баарын иһин. Кэнэҕэһин сахалар уутуйан олохсуйбут улуустарыгар, үтүө үгэстэрдээх оскуолаларыгар сахалыы тыллаах хаһыаттар баар буолалларыгар баҕарабын. Түгэни туһанан улуустааҕы үөрэх салаатыгар, оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр, тэрийбит дьоҥҥо, чуолаан, Лариса Прокопьевна Андрееваҕа ис сүрэхтэн махтанабын.

kyym.sakha.ru
31.03.2011 19:32 | оригинал статьи | просмотров: 19959

Комментарии


  • 10.160.66.301.04.11 21:10 Автор: :)

    Молодцы!

 ↑ наверх
03.08.10
Уулуссаҕа ыһылла сытар көмүһү булбут 2
03.08.10
811 тыһыынчаттан тахса оҕо төрөөтө
03.08.10
Сир хамсаата
03.08.10
КВН сүүмэрдэммит хамаандата кыайыыны ситистэ
02.08.10
Саҥа оонньуур площадка арылынна
02.08.10
Оҕолорго сыһыаммыт тыйыһырар
02.08.10
Сайыммыт күһүннүүн көрсөр күнэ
02.08.10
Милииссийэ үлэтэ уларыйыа
30.07.10
Аныгы армия сиэртибэлэрэ 3
30.07.10
Сөмөлүөккэ айдаарда 1
30.07.10
Үлэлии сылдьар пенсионердар болҕомтолоругар
29.07.10
Кэбээйилэр окко туруна сылдьаллар
29.07.10
Өссө биир буойун көһүннэ
29.07.10
Дьоҥҥо наадалаах табаардар атыыга тахсаллара моһуоктаныа
29.07.10
Өлөрүөхсүт хаайыыга барда 1
28.07.10
«Миэхэ эрэниэҥ-дьиэҕиттэн матыаҥ» 5
28.07.10
Франция, «Сонор» уонна Саха сирэ 2
28.07.10
Бэрик суумата улааппыт
28.07.10
Бэтэрээннэр Европа чемпионатыгар
27.07.10
Арассыыйаҕа туризм сайдыа
27.07.10
Авиахампаанньалар үлэлэрин үгэннэрэ 5
27.07.10
Өлүөхүмэҕэ маассабай бэлэмнэнии саҕаланна 2
27.07.10
Дьадаҥылар ахсааннара аҕыйаабыт 8
27.07.10
«Тойон Хотуур-2010»: от күүлэйэ буолан ааста
26.07.10
«ЗОЖигай!» буолар! 2
26.07.10
Азбука оҥорорго үлэ барар
26.07.10
Саҥа площадка аһылынна
26.07.10
Самолетунан көтөргө саҥа быраабылалар 1
23.07.10
Умнуллубат көрсүһүү 1
23.07.10
Парикмахерскайдарга уонна салоннарга саҥа ирдэбиллэр киирбиттэр 2
23.07.10
Тулаайахтарга ким 90 мөлүйүөнү ууран биэриэй?
22.07.10
Куорат паарката төрөөбүт күнүгэр ыҥырар 3
22.07.10
Права атыылаһар төһөнүй? 24
22.07.10
Оҕо түһэттэрэр ыарыылаах…
22.07.10
«Кэлии дьон - кэлии үүтүгэр!» 1
21.07.10
Үөрэххэ туттарсыы салҕанар 3
21.07.10
Ходуһаҕа от үлэтин түркүнэ
21.07.10
Социальнай хайысхалаах дьиэ аһыллыа
21.07.10
Саха сирэ уонна Татарстан араас эйгэлэргэ бииргэ үлэлиэхтэрэ
21.07.10
Массыына нүөмэрдэрэ аукциоҥҥа атыыланар буолуохтара
Яндекс.Метрика